http://www.culture.ru/
Атырдьах 9 күнүгэр Аан дойду үрдүнэн аҕыйах ахсааннаах норуоттар күннэрэ бэлиэтэнэр
1994 сылтан ыла атырдьах ыйын 9 күнүгэр Аан дойду үрдүнэн аҕыйах ахсааннаах норуоттар күннэрэ үөрүүлээхтик бэлиэтэнэр. Быйыл, оруобуна 30-с сылын бэлиэтиибит. Онон сибээстээн, Абыйдааҕы кииннэммит библиотечнай система аатыттан аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрин аналлаах күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Абый улууһугар бары билэрбит курдук, аҕыйах ахсааннаах эбээн норуота Майыар национальнай нэһилиэгэр түөлбэлээн олороллор. Үлэттэн чаҕыйбат, үтүөҕэ-сырдыкка тардыһар, буурҕалаах-чысхааннаах хоту дойдуларынан киэн туттар дьон, эбээннэр буолаллар. Кинилэр олус чараас дууһалаах, үөрүнньэҥ майгылаах, өбүгэлэрин төрүт дьарыктарын утумнаабыт, хорсун-хоодуот, үлэһит үтүөтэ буолаллар. Кыра эрдэхтэриттэн айылҕаҕа төрөөн-үөскээн, онно уһуйуллан-улаатан, дьиҥнээх айылҕа оҕолоро, төрөөбүт дойдуларын истиҥ-иэйиилээхтик хоһуйаллар. Хомойуох иһин, үгүстэр билигин биһиги кэккэбит ортотугар суохтар... Онон, кинилэр сырдык ааттарын ахтан-санаан, үйэтитэр сыалтан, эһиги болҕомтоҕутугар эбээн норуотун чулуу үлэһит, сэмэй, дойдуларыгар бэриниилээх, төрөөбүт айылҕаларыгар олус чугас, Майыар национальнай нэһилиэгэр олорор уонна олорон ааспыт, литератураҕа сыһыаннаах дьоммутун сырдатабыт.
Слепцова Акулина Дмитриевна 1944 сыл сэтинньи 28 күнүгэр Майыар нэһилиэгэр Никулиннар табаһыт удьуор уустарын дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Дружина орто оскуолатын кэннэ, А.И.Герцен аатынан Ленинградтааҕы Государственнай педагогическай институту бүтэриэҕиттэн, ханна да харыс да хамсаабакка, 1971 сыллаахтан төрөөбүт-үөскээбит Майыарыгар олорор. Акулина Дмитриевна Абый улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СР үтүөлээх учуутала, эбээн культуратын көҕүлээччи, талааннаах учуутал, наставник, бэйэтин норуотун дьиҥнээх патриота, сыана бэтэрээнэ, иһирэх ийэ, эйэҕэс эбэ, хос эбэ. Үтүмэн үгүс араас таһымнаах куонкурустар, көрүүлэр кыайыылаахтара, призердара. Акулина Дмитриевна төһө да билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамар сэргэх киһи.
1985 сыллаахха “Нонгдан”, онтон “Ньөөлтөҥкө” ансаамбыллар тэриллиэхтэриттэн солбуллубат үтүө настаабынньык уонна консультант. Эбээн культуратын, олоҕун-дьаһаҕын, оҕолорго, кэлэр кэнчээри ыччакка салгыбакка үөрэтэр, такайар, бэйэтин дьиҥ олоҕунан көрдөрөр. Эһиги болҕомтоҕутугар, Акулина Дмитриевна бэйэтин тылыгар уонна матыыбыгар айбыт эбээннии ырыаларын сырдатабыт.
Дюганив бакалдарав
Ой-йо-йой! Йоо!
Сия-ян эй, эй-йэй! Йээ!
Дюгани-ка-каан-йоо! Одыкы-наа-гоо! Оо!
Эр-рэ-ли-кэ-кээн! Гоо! Һоо-кан ҥээрин.
Ова-тыы-на-га-йоо! Йоо! Оо!
Сия-ан эй-эй-йэн! Йоо!
Ньөл-тэн-кэн-ти һери-кэн-нээ!
Һоо-кан ҥээ-рин оват-тоон!
Айы-кее -лу! Айы-киэ!
Нодакелу! Нода-киэ!
Ойчири-и чарда-кич уюн инигилээн-го!
Иҥэньги-дэ төө-гээ, бэйэҥыл-ни-гэй-йэ-йоо!
Бэкуч-чэр чак-ку-ри-дьур
Өсөми-кэн һээ-дьэн-дир
Икэвур-дэ икэдьир...
Һоокан Хэбдьэк оваттан!
Аймы-каан эркэвэттээ!
Һоо-кан! Айыч өруҥчивэт-тээ!
Аймыкан эркэвэттэ,
Һоокан айыч өруҥ-чи-вэт-тээ!
Алмават-та һээ-дьэ-вур!!
Айыч билдэ!
Хояв орам иргит-лил-рэ гэй-йэ-йоо!
Абгар билдэ! Гуни-кээн-э
Аймы-мы-кан һиргэт-тэку!!
Һи-йэн! Эй-йэ-йоо!!
Эбээннии норуот ырыата
(оҕоҕо аналлаах)
Ойо! Йо! Йо! Йо-йоой!
Эйэ! Йэ! Йээ! Йэ-һээй!
Кидакал да гэйэ-ээ!
Чиввекал-да мар-р-ыы
Эрбэччэкэл-дэ гөй!
Һусил дэ мэ-йоо! -н
Ийэ-йэ-йэ-йэ-йээй!
Һэсэн дэгсэч мөөр-гоо!
Эмэргэ-рэ, сэй-йоо-ҕа!
Эр-рэли-кэ-кээн-гөө!
Һооч өрус одни!
Аич, билдэ, гуникэн
Икэдьээниддээм-м-м
Ҥээрин төр ойлаан!-н-н
Һуну мут бэлдип, одядип-да гуникэн
Икэдьээныддым
Аич бидэн энин буг.
Эй-эй! Йо-йо! Йо-йоо!
Ой-ой! -ой-ой! Йо-йоо!
Эй-эй! Йэ-йээ! Йэ-йээй
Лебедева Ульяна Васильевна - Чурит 1955 сыллаахха от ыйын 13 күнүгэр Абый оройуонун Кэбэргэнэ бөһүөлэгэр төрөөбүтэ.
Ийэтэ Лебедева Пелагея Николаевна - сыана ветерана, “Ноҥгдан” ансамбль эбээн фольклорун солиһа, пропагандиһа этэ. Ыллыырын, үҥкүүлүүрүн олус сөбүлүүрэ, активист бэрдэ этэ.
Аҕата Садовников Василий Сергеевич, айылҕаны, кыыллары олус сөбүлүүрэ, кинилэри кытта киһилии кэпсэтэр, күннээҕитин кэпсээн курдук суруйан иһэр идэлээҕэ. Сүрдээх эйэҕэс майгылаах киһи этэ.
Ульяна Васильевна киномеханик үөрэхтээх, 4 разрядтаах повар, Саратовтааҕы ГПТУ-56 үөрэнэн бүтэрбитэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа Дьокуускай куоракка олорор.
Сахам сирэ
Сахам сирин кэрэтин
Сатаан кыайан хоһуйбаппын
Хайалара тыалара
Кэрэлэрин сөҕөбүн...
Ыраас уулаах күөллэрэ
Сүүрүгүрэр өрүстэрэ
Онно баар баай балыга
Бу барыта Сахам сирэ...
Үлэни өрө туппут
Үтүө мааны дьоннордоох
Үөрэх билии кыһатын
Өрө туппут ыччаттардаах...
Сайда турууй күн аайы
Сахам сирэ мин дьолум
Кэнэҕэстэй ыччаттаргар
Кэрэ сулус эн буолууй...
Индигир
Ыраах сылдьан ахтабын
Түүлбэр түһээн көрөбүн
Ойуолаабыт хонууларбын
Отоннообут тыаларбын...
Оҕо сылдьан оонньообут
Хоһооннорбор хоһуйбут
Ыраас уулаах кумахтаах
Индигирим киэҥ ньуурун...
Айанныырым элбэхтэ
Букатын да барарым
Ол да буоллар
Ахтылҕаным
Төнүннэрэ турара...
Төрөөбүт төрүт буорбар
Итии чээйдээх мин дьиэбэр
Ахтылҕаннаах Абыйбар
Кэрэчээн Кэбэргэнэбэр...
Һээдьэ
Хоту дойдум хоһуун дьоно
Эбээн кэрэ норуота
Сааһы көрсөн уруйдаан...
Мустан һээдьэ үҥкүүлүүр ...
Адаар таастаах хайалар
Быыстарыгар мусталлар
Ураһалар тоҕуоруһан
Буруо сыта тунаарар...
Ыраах чугас сирдэртэн
Уучахтарын миинньэннэр
Үөрэ-көтө кэлэллэр
Көрсөн үөрэн кэпсэтэллэр...
Киэһэ бары мустаннар
Һээдьэ үҥкүү тэрийэллэр
Төгүрүктээн тутуһан
Күннүү тула эргийэллэр...
Оҕуруолаах этэрбэстэр
Чэпчэкитик дайаллар
Оҕуруолар кылбачыһан
Оһуордара кэрэлэр...
Түүнү быһа һээдьэлииллэр
Дьолу түстүү үҥкүүлүүллэр
Күнү көрсөн уруйдууллар
Олохторун салҕыыллар...
Чуораанчыктар
Кылыгырыыр
Оҕуруолар тыастарынан
Эбээн, һээдьэ музыката
Ыраах ыраах дуорайар...
Никулин Михаил Гаврильевич 1925 сыллаахха тохсунньу 2 күнүгэр Муома улууһун Догдо Чыбааҕылааҕар эбээн дьадаҥы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кыра эрдэҕиттэн табаҕа, булка сылдьыбыта. Сэрии кэмнэригэр холкуоска кыладыапсыгынан үлэлээбитэ. Фроҥҥа итии таҥаһы тигэргэ көмөлөспүтэ, имитэр кустарнай биригээдэни салайан иистэннэрбит. Нэһилиэк олохтоохторун түмэн, драмкружогу салайан үлэлэппит.
Михаил Гаврильевич таба иитиитигэр олоҕун анаабыт. Кини айылҕаттан айдарыылаах, төрөөбүт тылын, культуратын өрө туппут, ытыктанар киһи этэ. Эдэр эрдэҕиттээн айар куттаах эбит, ол курдук, иллэҥ кэмигэр хормуосканан, байаанынан араас мелодияны оонньоон иһитиннэрэр эбит.
Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран Майыар нэһилиэгэр тэриллибит эбээн норуотун олоҕун-дьаһаҕын, ырыатын-үҥкүүтүн, фольклорун сайыннарар, тэнитэр сыаллаах тэриллибит “Нонгдан” ансаамбыл актыыбынай кыттыылааҕа буолбута. Ансамбыл репертуарыгар уостан түспэккэ ылланар эбээннии ырыалар автордара. Эдэрдэри кытта бииргэ ыраах сындылҕаннаах айантан иҥнибэккэ-толлубакка республика элбэх улуустарыгар сылдьыспыта, бэл диэтэр, Москва куоракка үбүлүөйгэ ВДНХ киэҥ түһүлгэтигэр эбээннии бэйэтин ырыаларын дьиэрэһиппитэ, фольклорнай группаҕа биир сүрүн толорооччу буолбута. Эбээн омук фольклорун сайыннарарга кэлэр көлүөнэҕэ анаан ырыалары-хоһооннору суруйан хаалларбыт үтүөлээх. Кини хас да хоһоонугар биллэр мелодист, биир дойдулааҕа Иван Сорокоумов мелодия айан, көччөх гынан көтүтэн, билигин да уостан түспэккэ ыллана сылдьаллара кэрэхсэбиллээх.
Кэргэнэ Мария Петровна имииһит, иистэнньэҥ буолан, Михаил гаврильевич таҥнар таҥаһын уустаан-ураннаан, киэргэл оҥорон тигэрэ, маанылыыра.
КЭБЭРГЭНЭ
Кэби-кэбиргэл Кэбэргэнэ
Индьигир үпэ һойналан.
Нонгдан һони эбэсилтын
Чакудьира анҥантан.
Кэби-кэбиргэл Кэбэргэнэн
Иэчэм бисгын инигилэн
Идук-тадук чакудьира
Оролчамҥи һэвдьэклэн.
Кэби-кэбиргэл Кэбэргэнэ
Ньючи-ньооко, чукча, увын.
Һэвдьэклэнур чакудьир
Эбиниклэ һөргэлды.
Кэби-кэбиргэл Кэбэргэнэн
Гэлэ-гэлэ осаткал
Гэлэ-гэлэ һүркэчэ
Һэдьэнилды икэлды.
ОРОЛЧАМҤИ ИКЭН
Бадьыгыркан индидьи
Аткичарби интудьим
Бадьариҥы геабриди
Орондьарби һыпкындьим.
Кингэ-кингэ кингэлни
Буруонсакаан чоҕуҥу
Гилдэ-гилдэ нэлбэлни
Мыгын неба гоеҥу.
Илын дааркаан ноччами
Гулдэндьэни усигдьим.
Найчимыйа усиҥи
Һаҥандьади усигдьим.
Кингэ-кингэ кингэлни
Боруонсакаан чоҕуҥу
Гилдэ-гилдэ нэлнбэлни
Мыгын неба гоеҥу.
Чалбамийа налимайи
Орондьарди алудьим.
Чаҕыҥиҥрбы хоболби
Дабдрыткаткан тусылдьи
Кингэ-кингэ кингэлни
Буруонсакаан чоҕуҥу
Гилдэ-гилдэ нэлбэлни
Мыгын неба гоеҥу.
ГИТАРА
Һоп-паа, һоп-паа
Гэлэ-гэлэ, гали-гали
Элэктро-гитарайи
Гэлэ-гэлэ эбили
Тарньун эмутты икэли.
Һоп-паа, һоп-паа
Айабна осаткаҥгун
Дээвкимикээн илдидьи
Мээни-мээни монҥали
Мандуридьи һэдьэнни.
Һоп-паа, һоп-паа
Гэлэ-гэлэ гиечану
Мцттэ-муттэ һэдьэҥэпды
Гэлэ-гэлэ гиечаму
Нөсэгчэҥур дьооҥалды.
Һоп-паа, һоп-паа
Никулин Семен Константинович 1943 сыллаахха Майыар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Омугунан эбээн, бухгалтер үөрэхтээх. “Хотугу кыым” хаһыакка общественнай корреспонденынан өр кэмнэргэ үлэлээбитэ. Эбээн, саха тылларынан кэпсээннэри, хоһооннору суруйар этэ. Кини айымньыларыгар үгүс миэстэни айылҕа, оҕо-аймах, күн-дьыл көстүүтэ ылаллара.
СИППЭТЭХ ХОҺООНУМ
Сиппээтэх хоһооннорбун сиэппэр симитэлээтим,
Илиис кумааҕыларым илдьирийэн бардылар.
Сатаан сааһылаан саҥарбатым,
Сулугураччы суруйбатым, салынным, сылайдым,
Буолар буолбакка булкууллубаппын,
Кураанахха кумааҕыны бараабаппын,
Кимниин эмэ тилэх үктэһэ тииһигирбэппин,
Түксү, аны түбүгүрбэппин...
СИЭННЭРБЭР
Тилигирэс тиһиликтэрим,
Мохсоҕол кынат уолаттарым
Сымса сыыдам сиэннэрим,
Чаҕыл этиҥ уотунуу
Сытыы хотой харахтаахтар,
Кытаанахтан кыһанымаҥ,
Ыарахантан ыксаамаҥ,
Баабырдаһа, сүүрүҥ, көтүҥ,
Эбэ, эһэ күнүн дьоллооҥ!
ХОМОЙБОТ ХОС ААТЫМ
Сөбүлүү истэбин “һельнэдь” диэн ааты
Таас бас үрэҕэр “Оньочо” диэн сиргэ
Эбээнтэн уол оҕо төрөөбүт эбиппин.
Төрөөбүт сурахпын истэннэр
Ыҥыырдаах табанан ыалдьыттар кэлбиттэр –
Уучаах буур көлөлөөх уруулар эбиттэр
“Амкыньдьа” диэн сиртэн
Аймахтар үөрбүттэр.
Бэрт үгүс ыалдьыттар мустаннар
Түбүктээх-үөрүүлээх түгэҥҥэ
Олус да “ыалдьытымсах” буолсу диэн
Эбээннии “һеельнэдь” диэн ааты биэрбиттэр.
НААР АРБААТАХХА
Хааччаҕа суох хайҕанааччы
Халыыыбыттан халыйааччы,
Наар наҕараадаҕа тиксээччи
Наара суох барааччы.
Хааччаҕа суох хайҕанааччы Аҥардастыы аатырдахха
Хаачыстыбата мөлтөөччү, Алдьатыылаах буолааччы,
Харса суох барааччы Киһиргэнэн хамнаннахха,
Харааччы иирээччи. Кирсиҥ кытта быстааччы.
Корякин Владимир Степанович 1952 сыллаахха ыам ыйыгар ыстаадаҕа Харыалаах диэн сиргэ төрөөбүтэ, омугунан эбээн. Кини кыра сааһыттан ыстаадаҕа табаһытынан үлэлээбитэ. 3 сыл Сэбиэскэй Армия кэккэтигэр баран ытык иэһин толорбута. Сулууспалаан кэлээт эмиэ ыстаадатыгар тахсыбыта.
Владимир айылҕа оҕото этэ, ол курдук оҕо сааһыттан булт абылаҥар сыстан, 14 сааһыгар номнуо бэйэтэ бултаан, табаһыттарын үөрдэр этэ. Ол курдук, күн сириттэн барыар диэри ыстаадатыттан ханна да арахпакка, бултаан, балыктаан үлэлээбитэ, табаҕа биригэдьиирдээбитэ. Кини күөгэйэр күнүгэр сылдьан, 31 эрэ сааһыгар суорума суолламмыта... Владимир Степанович элбэх хоһооннору суруйбут, уруһуйдуур, маһынан уһанар, сүрдээх дьоҕурдаах, талааннаах ыччат этэ... Чараас дууһалаах, истиҥ иэйиилээх айылҕа оҕото буолан, барыны-барытын бэлиэтии көрөр, ону кумааҕыга түһэрэн уруһуйдаан, хомоҕой хоһоон айан иһэр эбит. Аҕыйах хоһоонноруттан быһа тардыылары, бииргэ төрөөбүт балта Светлана Степановна төһө өйдүүрүнэн суруйар:
Ньургуһун
Кыдааннаах кыһыны кыйдаан
Тоҥ буору тобулан
Кырачаан ньургуһун тахсыыта
Түһүмэ, муус толоон тобурах.
Кууһума кинини
Тымныы муус уоскунан,
Кууһума кинини
Хаар хаһыҥ илиигинэн.
Нап-нарын ньургуһун сибэкки
Үүннүҥ, дойдубун киэргэтэ,
Үүннуҥ, бар дьоммун үөрдэҥҥин.
Чубукучаан
Туруук таас оҕото Чубукучаан
Чороҥнуур чуор да кулгаахчаан
Арылхай сытыы да харахчаан
Кынталлыбыт быһыыгын
Көрдөрөрдүү туттаҕын
Оо, кырдьык да кэрэ кыылгын
Мөккүөр суох туйгуҥҥун!
Маҥан таба
Манан таба мин санаам
Көтүүй үөһэ халлааҥҥа,
Ыҥырдахпына кэлээр,
Сууллар сулус кэриэтэ.