М.А. Слепцова аатынан Абыйдааҕы култуура уонна сынньалаҥ киинигэр "Абый" ырыа хомуурунньугун сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Бу хомуурунньугу СР култууратын туйгуна Надежда Черемкина хомуйан, бэчээккэ тиһэн оҥордо. Манна "Абый" диэн тыллаах ырыалар мунньуллан киирдилэр. «Элбэх ырыанньыктан ырыалары көрдөөн булар бириэмэни ылар, ол оннугар биир чопчу ыйыллыбыты туһанар ордук. Хомуурунньук ырыаны сэргээччилэргэ, култуура үлэһиттэригэр уонна араас ыытыллар тэрээһиннэргэ туһалаах буолуо», - диэн Надежда Афанасьевна кэпсиир. - Компьютерга киэргэтиллэн тахсыытыгар Абый орто оскуолатын учуутала, үөрэх завуһа Любовь Черемкина ыйан, сүбэлээн-амалаан көмөлөстө, киниэхэ махталым муҥура суох - диир.
Брошюра сүрэхтэниитигэр олохтоох библиотека үлэһитэ Александра Слепцова ырыа ааптардарын уонна мелодистарын туһунан слайд презентация оҥорон кэпсээтэ. Киин үлэһитэ Анатолий Стручков архыыбынай аудио ырыалары булан иһитиннэрдэ, видео килииптэрин көрдөрдө.
Бу тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт дьон үөлээннээхтэрин санаан, уйадыйан ыллылар. Урукку ырыалары истэн астыннылар.