http://www.culture.ru/
Киэҥ-Күөл олохтоох хомусчуттара
"Киэҥ - Күөл олохтоох хомусчуттара" - хомус күнүгэр аналлаах тэрээһин ааста. Саха дьонугар аргыс буолан уһук хоту кытаанах, тыйыс олоҕун хомус барахсан киэргэттэҕэ, хоһуйдаҕа, туойдаҕа. Уолбут нэһилиэгэр хомуһу оҥорор дьоннордоох буолан, сүтэрбэккэ оһорбокко илдьэ кэллэҕэ. Киэҥ - Күөл хомусчуттарын ахтыы матырыйааллары көрөн - истэн, ахтан - санаан аастылар. Мустубут дьон биирдиилээн, күргүөмүнэн хомустаан тарҕастылар.